Орто Халымаҕа балыыһа бородууктаны буранынан тиэйэр
Быйылгы кыстык бары салааларга хаһааҥҥытааҕар даҕаны ыарахаттары үөскэттэ. Тыа хаһаайыстыбатыттан саҕалаан суол-иис кыһалҕалара Орто Халыма улууһугар сытыытык тураллар. Кыһыҥҥы кэмҥэ улуус 8 нэһилиэгин кытта алларанан эрэ сибээс олохтонор. Айан суола ахсынньы ортотуттан арыллааччы, ол кэмтэн саҕалаан аһы-үөлү, уматыгы, таас чоҕу тиэйии саҕаламмытынан барар. Олохтоохтор кииҥҥэ киирэн үгүс боппуруостарын быһаарсан, балыыһаҕа көрдөрөн тахсааччылар. Быйыл суолбут 100% арылынна дииргэ эрдэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ 3 нэһилиэккэ суолу анал тиэхиникэнэн оҥорон арыйдылар. Атыттар бэйэ күүһүнэн тэпсэн бэлэмнээтилэр, босхоломмут суол оҥорооччулар хаалбыт нэһилиэктэргэ суолу анньан эрэллэр. Сылын аайы Орто Халыматааҕы киин балыыһа нэһилиэктэргэ баар учаастактааҕы балыыһаларыгар сыллааҕы астарын, эмтэри, ону тэҥэ бытовой химияны тириэрдэр. Сүрүн тиэйии саас саҕаланар. Ол эрээри, билигин суол-иис уустук кэмигэр, сырыы-айан тупсуор диэри ыйдааҕы саппааһынан хааччыйар инниттэн, киин балыыһа дьаһалтата бары нэһилиэктэртэн сайаапка хомуйан, туохха ордук наадыйалларынан тиэйии-таһыы үлэтин тэрийдэ. Эбээххэ уонна Сыбаатайга буранынан бородуукта тиэрдилиннэ. Хатыҥнаахха бытовой химия ыытылынна, ол кэннэ бу нэдиэлэҕэ ас-үөл тиэрдиллиэхтээх. “Атын да нэһилиэктэргэ сайаапкаларынан көрөн бу нэдиэлэттэн үлэ барыаҕа. Арай, Берёзовкаҕа эрэ уустук. Манна суолу оҥоруу өр буолара биллэр. Онуоха диэри үөһэнэн сырыы буоллаҕына, онон ыытыахпыт. Ыарыһахтары кииҥҥэ санитарнай рейстэринэн аҕалабыт. Ол чааһыгар кыһалҕа суох. Аны туран, Эбээххэ уонна Сылгы Ыытарга баар балыыһаларбыт туһунан хочуолунайдаахтар. Эбээххэ кулун тутар ортотугар диэри тиийэр чохтоохтор, оттон Сылгы Ыытарга — кулун тутар бүтүөр диэри. Онон маҥнай Эбээххэ чоҕу тиэрдэ охсорго туох баар болҕомтобутун уурабыт, соруктанабыт”, — диэн кылаабынай быраас Дмитрий Дмитриевич Третьяков билиһиннэрдэ.